Елка добра

🪄🎄🎄🎄🎄🎄🎄🎄🪄 _*Ытык мааны Кэбээйибит нэһилиэгин олохтоохторо!*_ Култуура сайдыытын киинэ (КСК) *💫“Үтүө санаа харыйата“💫* диэн байыаннай хомуурга ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарбыт оҕолоругар, ону тэҥэ элбэх оҕолоох ыалларга, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анаан, аһымал санаа акциятыгар актыыбынай кыттыыны ыларгытыгар ыҥырар. *✨Саҥа Дьыллааҕы* бэлэҕи ахсынньы ый 1 күнүттэн саҕалаан симэммит харыйа анныгар аҕалан, ааттаан - суоллаан ууруоххутун сөп. ✨Бэлэхтэр *Саҥа Дьыл* чугаһыгар оҕолорго үөрүүлээх быһыыга - майгыга туттарыллыахтара. ✨Хас биирдии олохтоох туора туран хаалыа суоҕа диэн эрэнэ күүтэбит. *Тэрийэр бөлөх.* 🪄🎄🎄🎄🎄🎄🪄
Back to Top