#ЯКУТИЯВПЕРЕД

Өр сыллааҕы оскуола салалтатын, улуус баһылыгын туруорсууларын, тылы-өһү тиэрдиилэрин түмүгүнэн, 2022 сыллаахха Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ М.Мишустин Саха сиригэр оробуочай сырыытыгар баһылык А.Николаев РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустинтан саҥа эбийиэк тутуутун сороҕун федеральнай бүддьүөттэн өйүүргэ көрдөспүтүгэр «Оҕолор комфортнай усулуобуйаҕа үөрэниэхтээхтэр. Үөрэхтээһиҥҥэ ураты болҕомтону ууруллар, ону өйүөххэ наада», – диэн эппитэ. Ол үлэҕэ ылыллан 450 миэстэлээх Тааттатааҕы лиссиэй уонна 100 миэстэлээх интэринээт тутуллар буолбутун дьон сэргэ үөрэ истибиттэрэ. Эрдэ үлэлии турбут 1974 сылга тутуллубут лиссиэй дьиэтин хаарбах туруктаах диэн быһаарбыттара. Билигин оскуола оҕолоро үөрэх стандартын ирдэбилигэр эппиэттээбэт хас да дьиэҕэ үөрэнэллэр. Онон тутуллар лиссиэйдэрэ хаһан үлэҕэ киирэрин кэтэһэллэр. Биир баараҕай үөрэх тутуута саҕаланан, таас дьиэ көҥдөйө көтөҕүллэн, 2024 сылга үлэҕэ киириэ диэн эрэллээхпит.
Back to Top