Ыйдаҥалаах түүн. Ольга Охлопкова - Чөмчүүнэ

Ыйдаҥалаах түүн. Н. Герасимов тыллара, Степан Сергучев мелодията. Ольга Охлопкова - Чөмчүүнэ толоруута. ***** Ыйдаҥалаах түүн, доҕоруом, Тахсыахха дуу күүлэйдии. Сырдык ыраас толоонунан Сэргэстэһэ хаамсыахха. Эт эрэ эн миэхэ, Дьоллооххун дуо миигинниин? Сааскы күн кэриэтэ Үөрдэҕин эн миигин куруук. Сырдык ыраас халлааҥҥа Элбэхтэр сулустар, Дьоллоох буолуҥ диэбиттии Мичилийэ үөрэллэр.
Back to Top