Кирилл Никифоров-Лөкөчөөн “Хатыҥчааным“ диэн аатырбыт алгыстаах тойуга

Күндэл күнүм анныгар Үрдүк томтор тэллэҕэр Сиртэн ситэ мутуктанан, Алта аарыма салааланан, Ийэлиирэ сирдэрим Киэргэллэрэ буолаҥҥын Үүнэн-үрдээн тураҕын, Тапталлаах Аар Хатыҥчааным барахсан! Саас, сайын кэллэҕин ахсын Элэмэчэй аттарым Сиэллээхтиирэ кутуругуттан Эриэн ситии хатаммын Эриэккэс киэргэл түһэрэн Эдэрдиирэ саастырым Тапталларын санааммын Лабааларын аайытын Салама диэни ыйыыбын. Тапталлаах Аар Хатыҥчааным барахсан! Эдэр үтүө көлүөнэм, Айылҕабыт киэргэлин Харах харатыныы харыстааҥ! Хатыҥчааммыт барахсан Үгүс үйэлэр тухары Үүнэ-үөскүү туруохтун! Иһиттин таптал ырыатын Сүрэхтэр кэпсэтэр тылларын. Тапталлаах Аар Хатыҥчааным барахсан!
Back to Top