Степан Сивцев – Доллу саха киинэтэ сайдыытыгар киллэрбит кылаата. Кинозавод ()

Официальный сайт - Уларыта тутуу кэмигэр дойду үрдүнэн кинематография эстибит, киинэ үлэһиттэрэ үлэлэрэ суох хаалбыт, кинотеатрдар сабыллыбыт кэмнэрэ этэ. Ону ол диэбэккэ, биһиги Сахабыт сиригэр киинэ сайдыыта тиһигин быспакка үлэлээбитэ, элбэх айымньы уһуллубута. Бу барыта Алексей Романов уонна кини доҕотторо Саха сиригэр киноисскуство баар буолуохтаах, сайдыахтаах диэн күүстээх баҕа санааларын толорорго турунан туран үлэлээбиттэрин түмүгэ буолар. “Сахафильм“ хампаанньа тэриллэн, сыыйа-баайа киинэлэр уһуллан бараллар. Кинематография сайдыытыгар аналлаах сокуон тахсар, эбии тэрилтэлэр аһыллаллар. 1998 сыллаахха Степан Сивцев - Доллу “Сахафильм“ историятыгар үһүс дириэктэринэн ананан кэлэр. Саҥа салайааччы саҥа көрүүтүнэн үлэтин саҕалыыр. Бу туһунан сиһилии “Кинозавод“ б
Back to Top