Saas ustar (Jeada) - Тургутуу

Cахалар бииргэ айылҕа - ринга, Бу киэн ыырга, бу аан дойдуга. Уоттааххын хараххар аахтым. Атаахтыы кэлбит таах умуллаахтыыр, Муус килэмэни уоттуурга бэлэмнэнэн, Илиигэр эгэлгэ кыымнары туттун эн. Ириэнэнэх суолларын ирдээн, Тоҥ суолларын тордоон тиийдин - иэдээн!!! Үрүҥ тыын туһугар тыын, Ама албынныыр эрэ бу күрэххэ бастыыр?! Киһи ааттаах кыайбатаҕа диэн суох, Хайдах биир суон мас тостуой?! Өспүт кутаа күөдьүйэр эмискэ, Тиис тиискэ, бу киирсии күүстээх, Түмүгэ суох, тугэҕэ суох кыһыы барыны барытын самнары баттыыр. Күөн күрэс күүһэ көтүтэр үөһээ, Көҥүлү күөттүүрэ сурэҕэр уот күүрээн. Эрэлэ - биир тугэн, санаата - уот сүгэ, Ити кэннэ бүгэн сытыа дуо кини?! Эт!!! Сахалар бииргэ андаҕай уотка “бэлэммин“ дииргэ. Охтубат охтоох өстөөхтөн эн “киһибин“ диэн киэн тутта этиэн дуо?! Биир эрэ санаа: “ким үҥүү тутан сиир баҕатынан киирдэ бу манна?!“ Омугун уонна алааһын көмүскээн көҥүлү атастаспат көмүскэ, Билии уонна өркөн өй күүстээх. Үтүөнү үксэт, үтүөнү түстээ!!! Киэн көҕүстээх эрэ кыахтаах. Дойдугун алҕаан сырдыгы тарҕат!!! Өстөөх хараҕар кутталын кистиир, Тиис тиискэ бу тиһэх киирсии, Түмүгэ суох, түгэҕэ суох кыһыы барыны барытын самнары баттыыр. Күөн күрэс күүһэ көтүтэр үөһээ, Көҥүлү күөттүүрэ сурэҕэр уот күүрээн. Эрэлэ - биир тугэн, санаата - уот сүгэ, Ити кэннэ бүгэн сытыа дуо кини?! Эт!!!
Back to Top